Суббота, 14 сентября, 2024
ДомойUncategorizedУлуу Кыайыы 78 сылын бырааһынньыга

Улуу Кыайыы 78 сылын бырааһынньыга

Дьөккөн нэһилиэгэр Улуу Кыайыы бырааһынньыга ыытылынна. Ол курдук Кыайыы болуоссатыгар нэһилиэк дьоно тоҕуоруһан бырааһынньык сэргэхтик ааста. Тэрээһин арыллыыта Дьөккөн нэһилиэгиттэн төрүттээх сэрии толоононугар тыыннарын толук уурбут түөрт бырааттыы Гоголевтар ийэлэригэр, Варвара Петровна Гоголеваҕа аналлаах «Ийэ сүрэҕэ» диэн дьүһүйүүттэн быһа тардан көрдөрүү дьон сүргэтин тарта.
Нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан баһылык солбуйааччыта Данилова Акулина Васильевна эҕэрдэ тылы этэн туран, «Ыллыкчаан» оҕо уһуйаанын көҕүлээһининэн тэриллибит «Бары бииргэ» диэн быстах байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар аналлаах акция буоларын биллэрдэ. Кини кэнниттэн Советскай Союз Геройа Н.А. Кондаков аатынан Дьөккөн орто оскуолатын директора Петров Егор Егорович эҕэрдэ тылы этэн туран, Советскай Союз Геройа Н.А. Кондаков аатынан Дьөккөн орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр Данилова Сайаанаҕа — НВК хампаанньа, Гоголев Иваҥҥа — Советскай Союз Геройа Н.А. Кондаков оҕолоро анаабыт истипиэндийэлэрин туттарда. Ол кэннэ Советскай Союз Геройа Н.А. Кондаков аатынан Дьөккөн орто оскуолатын «Патриот» хамаандата строевой хаамыыны көрдөрдө (салайааччы Советскай Союз Геройа Н.А. Кондаков аатынан Дьөккөн орто оскуолатын ОБЖ уонна физкультура учуутала Иванов Вячеслав Аврорич).
Салгыы эҕэрдэ тылы «Ыллыкчаан» оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Ионова Альбина Ионовна дьоһун эҕэрдэтин этэн туран «Ыллыкчаан» оҕо уһуйаанын коллектыва көҕүлээбит «Бары бииргэ» диэн быстах байыаннай дьайыыга кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар аналлаах акцияҕа ярмарка тэрийбиттэрин билиһиннэрдэ. Ол кэннэ «Ыллыкчаан» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ строевой хааман мустубут дьону сэргэхситтилэр (салайааччы «Ыллыкчаан» оҕо уһуйаанын үлэһитэ Дмитриева Ксения Афанасьевна).
Тэрээһин сүрүн чааһын кэнниттэн «Бары бииргэ» акцияҕа кэлбит дьон ярмаркаҕа кыттан, бэйэлэриттэн үп-харчы уган сэмэй кылааттарын киллэрдилэр. Ону кытта Советскай Союз Геройа Н.А. Кондаков аатынан Дьөккөн орто оскуолатын үлэһиттэрэ бэлэмнээбит «Полевая кухня» тэриллэн кэлбит оҕо-уруу, дьон саллаат хааһытын амсайдылар. Ол кэмҥэ эҕэрдэ патриотическай ырыалар ылланнылар.

«Улуу Кыайыы 78 сыла Дьөккөн нэһилиэгэр сэриигэ хорсуннук өлбүт 4 бырааттыы Гоголевтарга аналлаах композицияттан саҕаланна. Бырааттыы Гоголевтарга аналлаах монумены Кыайыы 50 сылыгар 1995 сыллаахха, нэһилиэк олохтооҕо Иван Степанович Гоголев СЭРГЭ быһыылаан, бары бииргэ тутуһан турар гына ааттарын суруйталаан оҥорбута Кыайыы болуоссатын биир суолталаах өйдөбүнньүгэ буолан турар.
Композиция кэннэ сэриигэ хорсуннук сэриилэһэн кыргыһыы толоонугар хаалбыт буойуннары кэриэстээн «Минута молчания», ол кэннэ кинилэр сырдык өйдөбүллэригэр гирлянда ууруута буолла. Нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Данилова А.В., оскуола директора Петров Е.Е., детсад сэбиэдиссэйэ Ионова А.И. мустубут дьону эҕэрдэлээн тыл эттилэр. Советскай Союз Геройа Н.А.Кондаков аатынан Дьөккөн орто оскуолатын оҕолоро Ваня Гоголев командирдаах взвод, Вячеслав Аврорич Иванов салалталаах байыаннайдыы хааман көрдөрдүлэр. Оҕолор бэлэмнэммиттэрэ, чиҥ-чаҥ хаамаллара уонна хамаанданы толороллоро көстөр. Герой Н.А.Кондаков бюһугар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар. «Ыллыкчаан» оҕо саадын улахан уонна бэлэмнэнии группатын оҕолоро Петя Никонов командирдаах эмиэ хааман уҥа-хаҥас дайбаатылар. Бэлэмнээччи Ксения Афанасьевна хамаандатын барытын толордулар. Кыайыы күнүн биир сүрүн тэрээһининэн «Бары бииргэ!» диэн «Быстах байыаннай дьайыыга» кытта сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар харчы хомуйуута уонна Ыллыкчаан оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ ас астаан «Ас-үөл дьаарьаҥкатын» ыыттылар. Ярмарка түмүгүнэн 20660 солкуобай пока киирдэ. Үп-харчы өссө да киирэ турар. Онтон уопсай хомуллубут харчы 11100 солкуобай буолла. Үп өссө да киирэ турар» диэн нэһилиэк олохтооҕо Альбина Ионовна суруйда.

Предыдущая статья
Следующая статья

ОСТАВЬТЕ ОТВЕТ

Пожалуйста, введите ваш комментарий!
пожалуйста, введите ваше имя здесь

Most Popular

Recent Comments