Дьөккөн нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтээтибит.
Нэһилиэккэ «Бүлүү улууһа (оройуона)» МО баһылыгын социальнай политикаҕа солбуйааччы Прокопьев А.А., Бүлүү улууһун дьокутааттарын сэбиэтин дьокутаата Захаров П.А., Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Иванов Т.Н. ыалдьыттаатылар.
Тэрээһин сүрүн чааһыгар эҕэрдэ тылы эттилэр. Ону кытта нэһилиэк баһылыгын солбуйааччы Данилова А.В., тэрилтэ салайааччылара Гоголев А.А., Ионова А.И. уонна нэһилиэк дьокутааттарын бэрэсэдээтэлин солбуйааччы Дмитриев А.И. эҕэрдэ тыллары эттилэр. Кэлбит ыалдьыттары кытта нэһилиэк олохтоохторо, оҕолоро Саха бастакы революционердарыттан биирдэстэрэ, бөдөҥ советскай салайааччы С.Ф. Гоголев, Советскай Союз Геройа Н.А. Кондаков, Социалистическай үлэ Геройа А.Н. Черканов бүүстэригэр сибэкки дьөрбөтүн уурдулар.
Ол кэннэ нэһилиэк дьаһалтатын тэлгэһэтигэр мас олордуутугар кэлбит ыалдьыттар кыттыстылар.