Саха АССР төрүттээччилэр: Платон Алексеевич Слепцов – Ойуунускай Таатта улууһа, Исидор Никифорович Барахов – Үөһээ Бүлүү улууһа, Максим Кирович Аммосов – Нам улууһа, Степан Васильевич Васильев – Ньурба улууһа уонна Степан Максимович Аржаков – Бүлүү улууһа.
Саҥа кэм кэлбитин кэннэ, Саха Өрөспүүблүкэтигэр бастакы президенэ Михаил Ефимович Николаев 1991 с. ахсынньы ыйга талыллан үлэлэтин саҕалаабыт кэмигэр, 1992 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр, Өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтэ муус устар 4 күнүгэр ылыммыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията күүһүгэр киириитигэр анаммыт Дьокуускай куорат общественноһын үөрүүлээх мунньаҕа буолбута. Саҥа Конституция күүһүгэр киирбит күнэ – муус устар 27 күнэ – Өрөспүүбүлүкэ күнүнэн биллэриллибитэ. Билигин биһиги сувераннай республикабыт анал туругар дьүөрэлээх дьаралыктардаах – Государственнай гиэрбэлээх уонна Государственнай былаахтаах, ону таһынан гимнээх. Ити дьарылыктар бырайыактарын Үрдүкү Сэбиэт XV, XVI сессияларыгар биһирээбитэ. Саха былааҕа – 1992 сыл алтынньы 14 күнүгэр, гиэрбэ – 1992 сыл ахсынньы 26 күнүгэр сокуоннара ылыллан анал статустара оҥоһуллубуттара.
2021 сылга Дьөккөн нэһилиэгэ 250 сылын уонна биир дойдулаахпыт Саха бастакы Революционер-большевига, бастакы наркомнартан биирдэстэрэ, биллиилээх политическай уонна Государственнай деятель Гоголев Степан Филиппович 125 сааһын бэлиэтээбиппит. Ол курдук Дьөккөн нэһилиэгэр, Бүлүү уонна Дьокуускай куораттарга кини олоҕун уонна үлэтин сырдатар кинигэ презентацията ыытыллыбыта. Куйаар ситиминэн оскуола оҕолоругар аналлаах «Биһиги оскуолабыт историята» аһаҕас күрэх ыытыллыбыта. Бу күрэххэ Бүлүү улууһун Тылгыны нэһилиэгин оскуолата кыайыылааҕынан тахсыбыта. Степан Филиппович Гоголевка аналлаах тэрээһин ахсынньы 24 күнүгэр Бүлүү куоракка нэһилиэк уран тарбахтаахтарын быыстапкаларынан, үөрүүлээх мунньаҕынан, эҕэрдэ кэнсиэринэн түмүктэммитэ.
Тэрээһиҥҥэ ыалдьыттаатылар:
1. Бүлүү улууһун дьаһалтатын социальнай отделын салайааччыта Аксинья Андреевна Кудайбердиева.
2. Бүлүү оройуонун сэбиэтин депутата, Бүлүүтээҕи электростанциятын салайааччыта Егор Ревович Константинов.
3. Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин чилиэнэ Николай Семенович Николаев.