Warning: Undefined array key "HTTP_REFERER" in /home/p579302/www/saryal.ru/wp-content/themes/Newspaper/Newspaper.theme#archive on line 43
Воскресенье, 23 марта, 2025
ДомойUncategorizedСааскы кэм бэлэҕэ

Сааскы кэм бэлэҕэ

Дьөккөн нэһилиэгэр Аан дойду дьахталларын күнүгэр аналлаах «Сааскы кэм бэлҕэ» диэн кэнсиэри нэһилиэк олохтоохторугар бэлэх ууннубут.  Кэнсиэркэ нэһилиэк олохтоохторо Данилов Карл Васильевич, Данилов Николай, Дмитриева Ксения, Дьяконова Наталья, Пестрякова Марианна кэрэ куоластарынан ырыа ыллаан бэлэх ууннулар. Ону кытта «Тыын» бөлөх — Васильев Афанасий, Иванов Никита, Дмитриев Айаал ырыа ыллаан көрөөччү биһирэбиллэрин ыллылар. Көр-күлүү сыаҥкаларыгар Васильева Варвара, Пестрякова Марианна, Данилова Парасковья, Данилова Марианна  уонна оскуола оҕолоро Федоров Миша, Михайлов Кеша араас күлүүлээх сыаҥкалары оонньоон дьон уйулҕатын өрө көтөхтүлэр. Хомуска саҥа  саҕалаан эрэр, оскуола 7 кылааһын үөрэнээччитэ Федоров Миша хомуска оонньоон бастакы хардыытын оҥордо. Кэнсиэри иилээн-саҕалаан ыытта эдэр учуутал Катанов Александр.

ОСТАВЬТЕ ОТВЕТ

Пожалуйста, введите ваш комментарий!
пожалуйста, введите ваше имя здесь

Most Popular

Recent Comments