Понедельник, 9 декабря, 2024
ДомойUncategorizedСааскы бастакы бырааһынньык

Сааскы бастакы бырааһынньык


Кэлэн иһэр Аан дойду дьахталларын күнүн чэрчитинэн Дьөккөн нэһилиэгин кэрэ дьоммутугар аналлаах «Сарыал» култуура киинин дьиэтигэр кулун тутар 5 күнүгэр кылынан, сиэлинэн дьарыгырар Данилова Светлана Васильевна «Кыл уонна сиэл абылаҥа» маастар кылааһы көрдөрдө, кылтан уонна сиэлтэн тугу оҥорон таһаарарын, хайдах — туох миэтэттэри туттарын олус интэриэһинэйдик көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэ. Ол курдук тымырдаайы кистэлэҥин кэпсээн, көрдөрөн, уонна кэлбит дьоҥҥо бэйэлэригэр оҥотторон үөрэттэ, ыйан-кэрдэн биэрдэ. Тымырдаайыттан хайдах дьахтар сэлээппэтин оҥорон таһаарарын сырдатта уонна оҥоро сылдьар сэлээппэтин көрдөрөн кэпсээтэ. Ону таһынан ситии быа хайдах хатан таһааралларын кэпсээтэ, көрдөрдө. Бүгүҥҥү күн олус туһалаахтык ааста, элбэх саҥаны билэн, көрөн тарҕастылар. «Сарыал» култуура киинин коллективын аатыттан Светлана Васильевнаҕа махтал сурук, өйдөбүнньүк бэлэх туттарылынна.
Кулун тутар 6 күнүгэр «Итии чэйдээх остуол тула» диэн ытык-мааны эбээлэргэ аналлаах сынньалаҥ киэһэ тэрилиннэ. Кэрэ эбээлэргэ аналлаах эҕэрдэ ырыалар, көрдөөх оонньуулар ыытылыннылар. Кэлбит эбээлэр дуоһуйа сынньанан, оонньоон-көрүлээн тарҕастылар.
Онтон кулун тутар 7 күнүгэр оскуола спортивнай саалатыгар дьахталларга аналлаах Пионербол күрэҕэ ыытылынна. Бу күрэххэ түөрт хамаанда кытынна: оскуола, детсад, кыра тэрилтэлэр холбоһуктара уонна эбээлэр хамаандалара. Күрэх түмүгүнэн кыра тэрилтэлэр холбоһуктарын хамаандата 1 миэстэ буолла. 2-с миэстэ — оскуола, 3-с миэстэ детсад уонна 4-с миэстэ — эбээлэр хамаандалара буоллулар.
Кулун тутар 8 күнүгэр дартс күрэҕэ «Сарыал» КК дьиэтигэр ыытылынна. Манна 8 дьахтар кытынна. 1 миэстэ — Капитонова Аида Анатольевна, 2 миэстэ — Григорьева Надежда Степановна, 3 миэстэ — Семенова Валентина Егоровна буоллулар.
Дартс күрэҕэр тэрилтэнэн хамаанданан түмүк:
1 миэстэ — кыра тэрилтэлэр холбоһуктара
2 миэстэ — оскуола
3 миэстэ — детсад

Предыдущая статья
Следующая статья

ОСТАВЬТЕ ОТВЕТ

Пожалуйста, введите ваш комментарий!
пожалуйста, введите ваше имя здесь

Most Popular

Recent Comments