Суббота, 14 сентября, 2024
ДомойUncategorizedС.Ф. Гоголев 125 сааһын туолар үбүлүөйэ

С.Ф. Гоголев 125 сааһын туолар үбүлүөйэ


Ионова А.И.

Торотоев Г.Г.
Хайа баҕарар сир-дойду, улуу, үтүө дьоннорунан, ытык сирдэринэн, төрүттэринэн киэн туттар. Кэпсээн-номох оҥостон кэпсиир, сэһэн-үһүйээн оҥостон сэһэргиир. Саха бастакы большевик-революционера, бастакы нарком, биллиилээх политическай уонна государственнай деятель С.Ф. Гоголев 1896 ссыллаахха ахсынньы ый 21 күнүгэр “Хапчаҕай” диэн сиргэ төрөөбүтэ. 1907 сыллаахха Хампаҕа церковнай-приходской оскуолаҕа киирбитэ. 1910 сыллаахха Бүлүү куоратын түөрт кылаастаах үрдүкү начальнай училищетыгар үөрэнэ киирбитэ. Степан Аржаковы, Исидор Бараховы кытта доҕордоспута. 1919 сыллаахха доруобуйатынан мөлтөөн дьонугар, дойдутугар кэлбитэ. Ол кэлэн Дьөккөҥҥө ыаллары кэрийэ сылдьан, оҕолорун үөрэттэрэллэригэр сүбэлээбитэ. Лүксүгүн диэн сиргэ Кондаков Алексей Алексеевич дьиэтигэр оскуола арыйбыта. С.Ф.Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы 1№ -дээх педагогическай колледж, Бүлүү улууһун Хампа орто оскуолата, Бүлүү куорат биир уулуссата, Дьөккөҥҥө биир уулусса сүгэллэр. 1933 сыллаахха баара-суоҕа 37 эрэ саастааҕар ыалдьан өлбүтэ.

ОСТАВЬТЕ ОТВЕТ

Пожалуйста, введите ваш комментарий!
пожалуйста, введите ваше имя здесь

Most Popular

Recent Comments