Кулун тутар 2 күнүгэр Тааһаҕар нэһилиэгэр ыытыллыбыт Улуустааҕы аһаҕас «Эгэлгэчээн» көр-күлүү, оҕо тыйаатыра сайдыытыгар аналлаах аһаҕас күрэххэ Күндүүнэ Пестрякова «Тураах уонна саһыл» диэн үгэни ааҕан ситиһиилээхтик кытынна, дипломант III степен хаһаайката буолла, ону тэҥэ Милана Николаева бу күрэххэ кыттыыны ылла, салайааччы Марианна Ксенофонтовна Пестрякова, «Сарыал» култуура киинин специалиһа. Бу күрэххэ 7 нэһилиэк кытынна, ол курдук Дьөккөн, Тааһаҕар, Тыымпы, Баппаҕаайы, Өкүндү, Балаҕаччы уонна Чинэкэ, уопсайа 80- ча оҕо кытынна, 11 салайааччы. Араас оскуола иһигэр тэриллибит оҕо театрдара кытыннылар, оҕолор талааннара киһини сөхтөрдө, оҕолор бэйэлэрэ астыннылар, үөрдүлэр. Оҕолор сайдалларыгар маннык өссө да элбэх оҕолорго аналлаах тэрээһиннэр ыытылла турдуннар.