Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Дьөккөн нэһилиэгин талба талааннаахтарын быыстапката дьон көрүүтүгэр таҕыста.
Быыспапкаҕа нэһилиэк иистэнньэҥнэрэ, уустара, илиинэн кэрэ көстүүлэри оҥорон таһаарар дьоҕурдаах дьон оҥоһуктара турдулар.
Афанасьева Светлана Прокопьевна — «Ыллыкчаан» оҕо уһуйаанын иитээччитэ, сахалыы сыахайдары оҥорон көрдөрүүгэ туруорда.
Данилова Светлана Васильевна — «Дьөккөн нэһилиэгэр култуураҕа кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, кыл уонна сиэл оҥоһуктары көрдөрдө.
Афанасьева Екатерина Христофоровна — нэһилиэк олохтооҕо, туостан уонна оҕуруонан тигии оҥоһуктары быыстапкалаата.
Григорьева Надежда Степановна — «Дьөккөн нэһилиэгэр култуураҕа кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, оҕуруонан тигии, гиипсэнэн кутуу оҥоһуктары дьон дьүүлүгэр таһаарда.
Дмитриева Марианна Петровна — «Ыллыкчаан» оҕо уһуйаанын иитээччитэ, уруһуй, баайыы, валяниянан уо.д.а. үлэлэри таһаарда.
Кондакова Валентина Семеновна — нэһилиэк олохтооҕо, матырыйаалтан араас суумкалар, сахалыы быыһабай, оҕуруонан үлэлэрэ быыстапкаҕа турдулар.
Константинова Ирина Алексеевна — Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна, валяниянан уонна баатанан араас сыахайдар уонна бэргэһэлэр быыстапкаҕа турдулар.
Декоямова Анна Петровна — «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бүлүү улууһугар култуура уонна духуобунас сайдыытыгар үтүөлэрин иһин» бэлиэ хаһаайыана, кыбытык тигии, баайыы үлэлэрэ, оҕуруонан иистэнии быыстапка көрүүтүгэр турда.
Дьяконова Евдокия Павловна — Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Н.А. Кондаков аатынан Дьөккөн орто оскуолатын учуутала, сыахай оҥоһуктар, маллаах иһиттэр, сахалыы сон, чаппараах үлэлэри таһаарда.
Кондаков Николай Семенович — «Дьөккөн нэһилиэгэр култуураҕа кылаатын иһин» бэлиэ хаһаайына, сахалыы туос иһиттэр, талах оонньуурдар уонна олоппостор быыстапкаланнылар.
Ону тэҥэ Кондакова В.С. быыһабай тигиигэ, Дьяконова Е.П. валянияҕа маастар кылаастары ыыттылар.