2025 с олунньу ый 14-16 күннэригэр Дьокуускай куоракка А.И. Донской кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ ыытыллыбыт хабылык, хаамыска күрэҕин чемпионатыгар Бүлүү улууһун сүүмэрдэммит хамаандата Манчаары оонньууларыгар путевка ылыытыгар үрдүк таһымнаахтык кыттан, 6 путевкаттан, Бүлүү улууһун хамаандата алтыаннарын ылан үөрүүлэрэ үгүс буолла.
Ол курдук 1-кы бөлөххө: Ая Давыдова — Чинэкэ нэһилиэгэ, Андрей Захаров — Өкүндү нэһилиэгэ, 2-с бөлөх: Туяна Саввинова — Бүлүү куората, Айаал Дмитриев — Дьөккөн нэһилиэгэ, 3-с бөлөх: Галина Николаева — Дьөккөн нэһилиэгэ, Илья Николаев — Сыдыбыл нэһилиэгэ, уонна салайааччы Гаврил Иванов путевкалары илиилэригэр ылан быйыл Таатта улууһугар ыытыллар Манчаары оонньууларыгар Бүлүү улууһун көмүскүүр чиэскэ тигистилэр.
Ону кытта Бүлүү улууһун хамаандатын спортсменнара — Марина Николаева, Алексей Кузьмин уонна Мичил Дьяконов ситиһиилээхтик кыттан, Бүлүү улууһун хамаандатын 1-кы миэстэҕэ тахсарыгар күүс-көмө буоллулар.
Биирдилээн кыттыыга призердар: Ая Давыдова — 1 миэстэ, Андрей Захаров — 2 миэстэ, Айаал Дмитриев — 2 миэстэ, Галина Николаева — 1 миэстэ, Илья Николаев — 3 миэстэ.
Хамаанданан түмүк:
1 миэстэ — Бүлүү улууһа (17)
2 миэстэ — М-Хаҥалас улууһа (21)
3 миэстэ — Дьокуускай куорат (28)