Суббота, 14 сентября, 2024
ДомойUncategorizedКыһыны атаарыы

Кыһыны атаарыы

☃️☃️☃️☃️☃️☃️☃️☃️☃️☃️Дьөккөн нэһилиэгэр Кыһыны атаары буолан ааста.
Манна нэһилиэк дьоно-сэргэтэ көхтөөхтүк кыттан «Сааскылаана кыыс мүлчүргэннээх сырыылара» дьүһүйүүгэ кыттан бэрт сэргэхтик саҕаланна. Ол кэннэ Дьиэ кэргэн сылыгар аналлаах «Көхтөөх ыал» диэн күрэх ыытылынна. Алта түһүмэхтээх күрэх түмүгүнэн Дьяконовтар дьиэ кэргэттэрэ кыайыылаах буолан балыксыттар балааккалара бириис хаһаайыттара буоллулар. Иккис миэстэ, бэрт сэргэх эдэр ыал, Кондаковтар дьиэ кэргэттэрэ электрическэй мясорубканан наҕараадаланнылар.
Ону таһынан, оҕолуун-эмэнниин араас көрдөөх оонньууларга оонньоон, нэһилиэк саамай улахан ытыстааҕын биллибит, ким элбэх симэҕи кэтэрин көрдүбүт, ким элбэх сиэптээҕин аахтыбыт🤭. Ону кытта хаатыҥканы уонна Дьага Бааба метлаатын быраҕыыга, оттоох куулунан охсуһууга, кэрэкки оонньууга уо.д.а оонньууларга куоталастылар.
Эр дьоҥҥо «Булчут күрэҕин» нэһилиэк дьаһалтата көҕүлээн ыытта, кыайыылаахтар:
1 миэстэ — Иннокентьев Алексей,
2 миэстэ — Дьяконов Мичил,
3 миэстэ — Дмитриев Харысхан.

Предыдущая статья
Следующая статья

ОСТАВЬТЕ ОТВЕТ

Пожалуйста, введите ваш комментарий!
пожалуйста, введите ваше имя здесь

Most Popular

Recent Comments