Кулун тутар 1 уонна 2 күннэригэр Уус-Алдан улууһун Найахы нэһилиэгэр оскуола директора, «Найахы» сопхуоз парткомун 1 сэкэритээрэ, улуус депутата Владимир Георгиевич Дмитриев кэриэһигэр 10-с төгүлүн хабылыкка, хаамыскаҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх буолан ааста.
Онно Бүлүү улууһуттан хабылык, хаамыска күрэҕин 10 чулуу спортсмена кыттыыны ыллылар. Күрэх икки күн устата, икки троеборье көрүҥүнэн ыытылынна.
Бу күрэҕи Найахы орто оскуолатын коллектива уонна нэһилиэк дьаһалтата үрдүк таһымнаахтык тэрийэн, Владимир Георгиевич аатын ахта-санаан аастылар. Владимир Георгиевич төрөппүт кыргыттара, бу тэрээһиҥҥэ күүс-көмө буолан Найахы орто оскуола коллективыгар уонна нэһилиэк дьаһалтатыгар улахан махталларын тиэртилэр.
Күрэххэ 10 улуустан 113 спортсмен кыттыыны ылла. Манна Саха Өрөспүүбүлүкэтин өбүгэ оонньуутугар, остуол оонньуутун маастардара, саҥа саҕалааччы ыччат дьон уонна маастар нуорматын толорооччу чулуу спортсменнар кытыннылар.
Күрэҕи 6 бөлөххө арааран ыыттылар:
1 бөлөх — 2011-2009 (кыыс, уол)
2 бөлөх — 2008-2006 (кыыс, уол)
3 бөлөх — 2005-1990 (дь., эр к.)
4 бөлөх — 1989-1974 (дь., эр к.)
5 бөлөх — 1973-1959 (дь., эр к.)
6 бөлөх — 1958-үөһэ (дь., эр к.)
Бүлүү улууһун спортсменнарын ситиһиилэрэ.
«Күөрэгэй, Сулус, Умсаах» троеборье:
1. Типанов Айтал — 3 миэстэ
2. Дмитриев А.И. — 1 миэстэ
3. Кузьмин А.Н. — 3 миэстэ
4. Николаева Г.В. — 1 миэстэ
5. Николаев И.Е. — 1 миэстэ
«Хабылык, Хаамыска 5, Хаамыска 7» — троеборье:
1. Типанов Айтал — 3 миэстэ
2. Давыдова А.А. — 3 миэстэ
3. Дмитриев А.И. — 2 миэстэ
4. Николаева Г.В. — 3 миэстэ
5. Николаев И.Е. — 3 миэстэ
6. Николаева М.А. — 3 миэстэ
Күрэххэ кыттарга төһүү күүс буоллулар, Бүлүү улууһун спордун комитета уонна Бүлүү улууһун хабылык, хаамыска спордун федерациятын бэрэсэдээтэлэ Иванов Гаврил Гаврильевич.
Кинилэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Бүлүү улууһун спортсменнара кэккэ ситиһиилэнэн, үөрэн-көтөн дойдуларын диэки айаннаатылар.