Понедельник, 9 декабря, 2024
ДомойUncategorizedДьөккөн нэһилиэгэр ыһыах ыһылынна

Дьөккөн нэһилиэгэр ыһыах ыһылынна

Бэс ыйын 26 күнүгэр Дьөккөн нэһилиэгэр Үрүҥ тунах ыһыаҕы ыстыбыт.
Ыһыах Сэттэ куобах тириитэ бэргэһэлээх Лэҥкэ Боотур күрэҕиттэн саҕаланна. Күрэх сүрүн судьуйата Иванов Вячеслав Аврорич.
12:00 ч. ыһыах алгыһынан арылынна. Ол кэннэ нэһилиэк баһылыга Антон Иннокентьевич Михайлов Дуоҕаны киллэрэн аста уонна Үрүҥ тунах ыһыаҕынан бар дьонун эҕэрдэлээтэ.
Быйылгы дьиэ кэргэн сылынан «Алаһа» диэн дьиэ кэргэн үҥкүүтүн бөлөҕө эҕэрдэ үҥкүүнэн бэлэх уунна. Салайааччы Данилова Парасковья Ильинична. Онно сиэттэрэн нэһилиэк дьаһалтатын аатыттан баһылык солбуйааччыта Данилова Акулина Васильевна үбүлүөйдээх дьиэ кэргэттэригэр эҕэрдэ суруктары уонна өйдөбүнньүк бэлиэлэри туттарда. Нэһилиэк көхтөөх дьоно, оҕолор, кийииттэр, дьиэ кэргэттэр эҕэрдэ кэнсиэркэ кыттан саҥа, сонун нүөмэрдэр таҕыстылар.
Дьөккөн нэһилиэгэр Култуура уонна төрүт үгэс сыла биллэриллибитинэн «Сарыал» култуура киинэ «Дьөккөн нэһилиэгэр култуураҕа кылаатын иһин» диэн бэлиэ оҥотторон, Кондаков Николай Семеновичка, Данилова Светлана Васильевнаҕа уонна Григорьева Надежда Степановнаҕа туттардылар. Уонна «Кэрэ эйгэ» диэн нэһилиэк култууратын эйгэтин туһунан кыра дьоҕус кинигэ оҥорон бэлэх ууннулар. Ону таһынан култуура эйгэтигэр көхтөөх нэһилиэк дьонугар Бочуоттаах грамоталары туттардылар.
Инники ыһыах балаһыанньата биллэриллибитин курдук Аҕа ууһунан күрэхтэр ыытылыннылар.
Оһуохай күрэҕэр:
Кылаан чыпчаал — Сивцева Токуйаана Ивановна
1-кы үрдэл — Данилова Светлана Васильевна
Оҕолорго —
1-кы үрдэл — Пестрякова Кюндююнэ
2-с үрдэл — Васильева Камилла
3-с үрдэл -Григорьева Кюннэй
«Уруу-аймах түһүлгэтэ»:
1-кы үрдэл — Маҥаны аҕа ууһа (Даниловтар)
2-с үрдэл — Афанасьевтар
3-с үрдэл — Баҕадьылар
«Саха таҥаһа»:
Кылаан чыпчаал — Даниловтар дьиэ кэргэттэрэ
1-кы үрдэл — Григорьева Татьяна Владимировна дьиэ кэргэттэрэ
2-с үрдэл — Григорьева Надежда Степановна дьиэ кэргэнэ
3-с үрдэл Егорова Айна Владимировна дьиэ кэргэнэ.
Уонна Владимировтар дьиэ кэргэн анал бэлэҕинэн наҕараадаланнылар.
Киэһээҥҥи өттүгэр «Үрүҥ түүн» ырыа күрэҕэ ыытылынна. Күрэххэ биэс нэһилиэк кэрэ куоластаах мааны ыал ийэлэрэ кытыннылар. Бары бэлэмнэнэн, олус үчүгэй киэһэни көрөөччүлэргэ бэлэх ууннулар. Дьүүллүүр сүбэҕэ олус уустук үлэ буолан ааста. Ол да буоллар биир кыайыылааҕы талан, кыттааччыларга анал ааттары туттардылар.
Гран-при — Сивцева Токуйаана Ивановна.
Уонна анал ааттары ыллылар: Пестрякова М.К., Жирохова В.А., Дьяконова Н.В., Григорьева Т.В.

ОСТАВЬТЕ ОТВЕТ

Пожалуйста, введите ваш комментарий!
пожалуйста, введите ваше имя здесь

Most Popular

Recent Comments