Дьөккөн нэһилиэгин уонна биир дойдулаахтарбытыгар, убаастыыр, ытык – мааны дьоммутугар, Аҕам саастаахтар күннэригэр аналлаах куйаар ситиминэн балаҕан ыйын 30 күнүттэн алтынньы 4 күнүгэр дылы көрдөөх оонньуулары, күрэхтэри ватсаап ситиминэн “Сарыал” култуура киинэ тэрийэн бэрт сэргэхтик ыыттыбыт. Дьоммут хамсык ыарыы кэмигэр туора турбакка, дьиэлэригэр олорон бэрт көхтөөхтүк кыттан бириэмэлэрин туһалаахтык атаардылар. Ол курдук 20 блиц-ыйытыкка 5 кыттааччы кыттан 15 сөптөөх эппиэти биэрэн кыайыылаах буолла Надежда Николаевна Иванова. Салгыы «Тыл оонньуутугар» 12 кыттааччы оонньоон 268 тылы таһааран кыайыылааҕынан буолла Надежда Степановна Григорьева. Онтон «Король. Орел. Пароль» диэн тыллары түргэнник, чуолкайдык саҥаран 7 кыттааччыттан бэйэтин имигэс тыллааҕын иһитиннэрдэ уонна сөхтөрдө Галина Семеновна Дмитриева. Салгыы бириистээх көрдөөх оонньуубутугар группаҕа киирбит дьоммут көхтөөхтүк оонньоон дуоһуйа үөрдүлэр. Ол курдук бу оонньууга бирииһи туруорбут биир дойдулаахтарбытыгар: «Сиккиэр» бааһынай хаһаайыстыбатын салайааччытыгар Ионов Иван Ионовичка, эдэр ыал ийэтигэр, нэһилиэк көхтөөх кыттааччытыгар Дмитриева Ксения Афанасьевнаҕа уонна нэһилиэк эдэр ырыаһытыгар, көхтөөх кыттааччытыгар Иванов Никита Ивановичка МАХТАЛБЫТЫН тиэрдэбит. Уонна күс-көмө буолбут нэһилиэк дьаһалтатын специалиһыгар Ушманова А.Е. махталбытын тиэрдэбит.
Кыайыылаахтарбытыгар сэмэй бириистэрбитин, грамоталарбытын уонна спонсордаабыт дьоммутугар махтал суруктарбытын үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттардыбыт. Бары дьоммутугар биһигинниин бииргэ буолбуккутугар барҕа махталбытын этэн тураммыт, баҕарабыт Эһиэхэ этэҥҥэ буолууну, быйаҥнаах уонна дьоллоох олоҕу!