Дьөккөн нэһилиэгэр Аан дойдуга кыыс оҕо күнүн бэлиэтээтибит.
Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Николай Алексеевич Кондаков аатынан Дьөккөн орто оскуолатын алын сүһүөх кылаастарын кыргыттарыгар аналлаах «Маша и медведь» остуоруйаҕа олоҕуран күрэх ыытылынна. Күрэххэ сэттэ кыыс кытынна.
Күрэх түһүмэхтэрэ:
- Маша уобараһынан бэйэни билиһиннэрии
- Матрешка-пазл хомуйааһына
- Ойуулук дьоруойунан саҥарыы
- Кумаахы куукуланы кырыйыы, таҥыннарыы
- Фотосессия
Күрэх түмүгүнэн кыргыттар бары тэҥнэһэн, бары кыайыылаах буоллулар.